Төрөөбут төрүт тылын билэр эрэ киһи инникилээх, кэскиллээх

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бүгүн ураты күн буолар. Ол курдук, төрөөбүт төрүт тылбыт, сурукпут-бичикпит күнүнэн уонна  сахаттан бастакы лингвист учуонай С.А. Новгородов 125 сааһын туолбутунан барыгытын э5эрдэлиибин!

Түн үйэлэри унуордаан, атыйахтаах уулуу аймыыр үйэлэри унуордаан төрөөбут тылбыт туннэстибэккэ кэллэ. Ону харыстыыр, сахалыы тыыны инэринэр туһуттан биһиги институтпут төрөөбүт төрүт тылбытын, утуө үгэстэрбитин, сиэрбитин - туоммутун, олонхобутун өрө тута сылдьабыт.

​Төрөөбут төрүт тылын билэр эрэ киһи инникилээх, кэскиллээх, саргылаах олохтоох буолар. Ийэ тылбыт баарын тухары үүнэ-сайда чэчирии туруохпут. Ийэ тылбыт сайда кэскиллэнэ турдун!


Саргылана Игнатьева,
Арктикатаа5ы культура уонна искусство
государственнай институтын ректора